(1915-1987)
Семен Дмитриевич 1927 с. билиҥҥи таҥара дьиэтигэр аһыллыбыт нэһилиэккэ бастакы ааҕар балаҕаҥҥа сэбиэдиссэйинэн өр сылларга үлэлээбит. Кини салалтатынан "Бассабыык Баһылай", "Ини-бии", "Хараҥа түүн" диэн постановкалары туруорбуттар". ("Чычымах: (Таатта улууһа. Амма нэһилиэгэ"), стр.28.
"Коммунист" хаһыат, 1956 с., балаҕан ыйын 28 к.
"Мин эһэм, Кулачиков Семен Дмитриевич, 1915 сыллаах төрүөх, от ыйын 31 күнүгэр төрөөбүт. Николаевскай таҥара дьиэтигэр сүрэхтэммит эбит. Эбэм Макарова (Кулачикова) Марфа Васильевна 1918 с. от ыйын 20 күнүгэр Чымнаайыга төрөөбүт. Эһэм аҕата Дмитрий Иванович, ийэтэ Парасковья Егоровна Кулачиковтар Мойуона алааһыгар төрөөн-үөскээн олорбуттар. Кэлин Чычымахха убайынаан Иван Иустиновичтыын көһөн кэлэн олохсуйбуттар.
Эһэм, билигин орто сааһыран баран санаатахпына, саха мындыр, хорсун, күүстээх санаалаах, үлэһит киһитэ эбит. Кини оҕо сылдьан дьиэ тутуутугар илии- атах буола сылдьан дэҥнэнэн сааһын тухары атаҕынан улаханнык эрэйдэнэр этэ. Дьэ онтон иҥнибэккэ дьонтон итэҕэһэ суох үлэлээн- хамсаан, оттоон- мастаан, сүөһү ииттэн, бултаан - алтаан дьиэ кэргэнин аһатан олорбуттара. Сайынын кирпииччэ үктүүллэрэ. Онон харах таһаарынан биһигини дьон оҥордохторо. Кини үлэһитинэн, өйүнэн, сатабылынан ыалтан итэҕэһэ суох олорбуппут. Эдэр сааһыгар ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн, кэлин лесопуҥҥа пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбит. Онтон мин өйдүүрбүнэн кырдьаҕастар этэ. Миигин эһээхэй эрдэхпиттэн көрөн- истэн, атаахтатан улаатыннарбыт сиэннэрэ буолабын. Сарсыарда эһэлээх эбэм ботур- ботур кэпсэтэллэриттэн, оһоххо мас умайан тыһыргыырыттан уһуктарым..
.. Дьэ уонна аһаан- сиэн баран, үһүөн тэринэн үлэлии барарбыт. Куруук оҕустаах буолааччыбыт, саха киһитигэр үлэни-хамнаһы үмүрүтэр бастыҥ "транспорт" буолара. Мин эбээһинэһим оҕус кутуругун эрийэн тутан олорооччубун. Иккиэн икки ардыларыгар олордон сайынын тэлиэгэнэн, кыһынын сыарҕанан окко- маска барытыгар бииргэ сылдьааччыбыт.
Эһэм туулуура, туутун бэйэтэ оҥорор этэ. Дьон сакаастаан эмиэ оҥоттороллоро. Куйуурун кылынан бэйэтэ өрөрө, үктээбит кирпииччэтинэн ыҥырыыга сылдьан оһох оҥороро. Кирпииччэтин састааба бөҕө буолан дьон хамаҕатык сакаастаан атыылаһаллара. Билигин санаатахпына, атаҕын ыарыытын кирпииччэ үктээн үмүрүтэр, эрчийэр эбит. Туой буор эмтээҕин билигин бары билэбит.Сыралҕан куйааска кирпииччэ үктээһинэ олус ыарахан этэ.
...Улаханнык кинигэ ааҕара, биһиги эбэбинээн истэрбит. Саха суруйааччыларын айымньыларын, "Хотугу сулус" сурунаалы сөбүлээн ааҕар этэ. Кинигэлэри мунньара, сурунаалы куруук суруттарар этэ. Миэхэ кыра кылаастан "Бэлэм буолу", " Пионерскай правданы" суруйтаран аахтарар этэ.
Оскуолаҕа кылаас чаастарыгар сылдьара, нэһилиэк олоҕор актыыбынайдык кыттара. Бэйэтэ пьеса айан " Хотугу сулуска " ыыппыта. Сиэннэрин биһик ырыатын ыллаан утутара. Ол ырыа кулгаахпар билигин да иһиллэргэ дылы.
Утуй, утуй, оҕоккоом
Сарсын сарсыарда
Илинтэн эргийэн
Күнүҥ эмиэ күөрэйиэ да күөрэйиэ, - диэн ыллыыра.
Үлэлии да сылдьан киҥинэйэн ыллыы сылдьааччы. Үөрэнэ сырыттахпына суругун былыргы шрибинэн суруйан ыытара. Хайаан да миигин дьээбэлээн карикатура уруһуйдаан ыытааччы. Мин үөрэхтээх буоларбар наһаа баҕарара. Үрдүк үөрэххэ киирбиппэр ол үөрүүтүнэн олорбуттар эбит, билигин санаатахха. Каникулга кэллэххинэ ыскаап иһэ толору кэһии буолара.."
Харайданова, В. Г. Күндү дьонум туһунан // Былыргы быыстары сэгэтэн / Валентина Кулачикова- Үрүччэ. - Дьокуускай, 2014 .- С. 52-56.
Кулачиков В.И. уруһуйа. Чычымах таҥаратын дьиэтэ. Ҫемен Дмитриевич Кулачиков кэргэнинээн Марфа Васильевналыын оҕустарынан айаннаан иһэллэр.
Comentários