Хомус күнүн көрсө хомусчут- импровизатор, хомус пропагандиһа, энтузиаст Анна Николаевна Канаева -Дьүрүскээнэ саҥа хоһоон суруйан икки конкурска кытынна уонна улуустааҕы "Хомуспун хоһуйан холоннум күрэххэ кыайыылаах буолла.
Анна Канаева -Дьүрүскээнэ
..Хомус, хомус
Хоһуй олус,
Хомус, хомус
Хоһоон айыс...
Хомус уһун тыын дьүрүлэ
Холку наҕыл бэрт дорҕооно
Хайа да бэйэлээх кутун
Холбуу тардыа дьэ сэҥээрдэн.
Хомус түргэн тыын тардыыта
Холоон тэтим сөп эбиитэ
Хайдах да абылыы кууһан
Хайҕанар олус бар дьоммор.
Хомус сайдыы кыах ырыата
Хоһуун санаа чөл көтүүтэ
Хоту дойдум чэҥнээх сиэрин
Халты сайар дьикти тэрил.
Хомус айар-саҕар күүһэ
Халыҥ хаардаах сир күлүүһэ
Харбакка аһа туруохтун
Харысхал хахха буолуохтун.
Comments