top of page
bibliotekachychyma

Алампа алыптаах ыллыгынан

Быйыл саас Дьокуускайга Мария Петровна Неймохова, Зоя Петровна Багынанова тэрийиилэринэн "На Пушкина" литературнай салон аһыллыытыгар "Алампа алыптаах ыллыгынан" диэн саха тыйаатырын артыыстара, суруйааччылар кыттыылаах сэргэх тэрээһин ыытыллыбытын туһунан сураҕы истибиппит. Бу тэрээһиҥҥэ Алампа Дуунньатын хаан - уруу аймаҕа, Нам Үөдэйиттэн төрүттээх, биһиги нэһилиэк олохтооҕо Елена Романовна Налыяхова анал ыҥырыынан кыттыыны ылбыт.



Саха тыйаатырын артыыстара, СӨ үтүөлээх артыыстара Маргарита Борисованы, Елизавета Потапованы, Надежда Ущницкаяны кытта Елена Налыяхова биир дойдулаахпыт, норуот маастара Люция Степановна Кривошапкина тикпит сахалыы таҥастарын кэтэн "модель" буолбуттар.



Люция Степановна Елена Романовнаҕа бу тэрээһиҥҥэ анаан Алампа Дуунньатын таҥаһын үтүктэн куоракка олорон телефонунан мээрэйин ылан, буор босхо тигэн биэрбит.



Народнай суруйааччы Наталья Михалева- Сайа бэйэтин страницатыгар суруйбутун билсиэҕиҥ:

"Бэҕэһээ Мария Петровна Неймохова тэрийбит "На Пушкина" салон аһыллыытыгар сырыттым. Бу күн кини дьиэтигэр "Алампа алыптаах ыллыгынан" дьоро тэрээһиҥҥэ Саха академическай тыйаатырын артыыстара, суруйааччылар ыалдьыттаатылар. Мария Петровна кэргэнэ, норуот суруйааччыта Егор Неймохов суруйан хаалларбыт ""Алампа" арамааныттан саҕалаан, Алампа тула элбэх кэпсэтии таҕыста. Артыыстар кини хоһооннорун аахтылар. Руслан Тараховскай саҥа туруорбут "Таптал" дырааматыттан ырыалар ылланнылар. Биир соһуччу түгэнинэн Алампа Дуунньатын аймаҕа Елена Романовна Налыяхова ыалдьыттаабыта буолла. Чахчы да, хартыынаттан түспүт Дуунньа курдук! Маннык сэргэх көрсүһүүнү тэрийбит эдьийдии-балыстыы Мария, Зоя Петровналарга махтал бастыҥ тыллара этилиннилэр. Саҥа салон өссө да сонун бырайыактарынан, соһуччу булумньуларынан дьон-сэргэ сэҥээриитин ыллын."

Биир дойдулаахтарбыт Люция Степановна, Елена Романовна маннык ураты тэрээһиҥҥэ кыттыбыттарын долгуйа, киэн тутта аахтыбыт.




132 просмотра0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все

Comentarios


bottom of page